Алтынньы ый бүтэһик нэдиэлэтэ.

Алтынньы – Хотой Айыы ыйа. Оскуола үөрэнээччилэрэ, биир эппиэттээх үөрэх чиэппэрин түмүктээн, канукуллара саҕаланан, сыыртан сырылыы, хатыыскалыы сүүрэллэр. Оҕоҕо эт – хаан эрчиллиилэрэ, сүүрүү – көтүү, сибиэһэй салгыҥҥа көөчүктэнэ көтүү. Ким муус ылсар, ким ойбоҥҥо сүөһү уулатар, ким дьонун кытта илим көрсөр… Тыа сирин оҕото дьиэҕэ сууланан баран сыппат кэмнэрэ. Уһуйаан иитиллээчилэрэ, каникуллара суох. Кинилэр […]

Чоҥоро кыргыттара

Оннооҕор от мунньа сылдьан бугул тэллэҕэр төрөөн баран ырбаахыларын аллараа өттүгэр суулаан көтөҕөн дьиэлэригэр бараллара үһү. Сорохтор 20 – тэ төрөөн баран, эмп – томп суоҕунан дьиэ – уот мөлтөҕүттэн, нэһиилэ 3 – 4 оҕону тутан хаалаллара үһү. Дэлэҕэ этиэхтэрэ дуо, оҕо турбат «барытын буорга сымыыттаан биэрэбит” – диэн. Луохтуур эмчит диэн суоҕа, оҕолоноору да […]

Үлэ фронугар дьулуурдаахтык үлэлээн, Кыайыыны уһансыбыттара.

Мантан салгыы биһиги нэһилиэктэн төрүттээх, үлэ фронугар сылдьыбыт тыыл ветераннарын, илэ хараҕынан көрөн улааппыт Винокурова Татьяна Ефремовна – Сабыйа поэма суруйбутун таһаарабыт. Худуоһунньугунан Иванов Елисей Капитонович үлэлэстэ.

Прокопьев Сергей Васильевич – уоттаах сэрии кыттыылааҕа

Аата хаһан да умнуллуо суоҕа!                Поэма.                                                      Тыаһыт Уола Сэргэй– Сергей Васильевич Прокопьев кэриэһигэр!  1чааһа                                         Сириэдийэ симэнэр Сир үрдүн сиҥнэрэр,                     Ситэ-тупса чэлгийэр Сибэккитин тэпсэр, Эдэри-эмэни эһэр, Эти-хааны эчэтэр,               Уһун уҥуоҕу урусхаллыыр, Кылгас уҥуоҕу кырамталыыр              Алдьархайы таһаарар, Алдьаныыны аҕалар,                Уотунан уһууран уматан                                                           Олох оҥкулун уларытан, Тулаайаҕы тоҕуорутар, Огдообону огдолутар Амырыын сэрии! Үлэһит Маҥааспар,                  Ыраах […]

Нэһилиэкпитигэр бу күннэргэ…

Далыр – Маҥаас суолугар суукканы быһа айаннаан, аара хаарга батыллан олороллорун истэннэр олохтоох чааһынай трактордаах Айтал Лазарев, Владимир Аргунов, Анатолий Григорьев, Василий Винокуров уонна уопсайа сүүрбэччэ олохтоох уолаттар бараннар субуотунньуктаан, бырасыапка тиэнэн кэллилэр. Кэнники сылларга, таррированнай бензин, солярка да кэлэр буолан, олохтоохтор абыраннылар. Уһун сайын, кыһалҕата суох, окко – маска барарга – кэлэргэ заправка үлэлиирэ […]