Оруобуна 100 сыл анараа өттүгэр, 1924 сыл тохсунньу 24 күнүгэр, хомсомуол Дьокуускайдааҕы обкома быһаарыы ылыммыта: “…Оҕолорго аналлаах эдэр пионердар бөлөхтөрүн тэрийэр үлэни бэрт түргэнник тэрийиэххэ наада”. Ол курдук, 1924 сыл олунньу 17 күнэ Сахабыт сиригэр пионерскай тэрилтэ төрүттэммит күнүнэн ааҕыллар. Оруобуна бу күн Дьокуускайга бастакынан Спартак аатынан пионерскай этэрээт хомуллубута, манна 62 пионер баар этэ. Бу кэннэ, хайыы үйэ олунньу 24 күнүгэр, Ленин аатынан оҕо коммунистическай бөлөҕүн уобаластааҕы бюрота баар буолбута, бюро Дьокуускай куорат оҕолоругар эрэ үлэлиирэ. Пионердар иккис этэрээттэрэ 1924 сыл муус устар ыйыгар, оттон Аммосов аатынан үһүс этэрээт 1925 сыллаахха тэриллибиттэрэ.
Маҥаас нэһилиэгин араас кэминээҕи пионердара. “Сүүс сылынан – сүүс хаартыска”