Доруобуйа кунэ.

Ыам ыйын 12 күнэ. Маҥаас нэһилиэгэр доруобуйа күнэ. Уһуйааммыт иитиллээччилэрэ бүгүн өйдөрүн, толкуйдарын эрчийэн дуобаттаан элэҥнэттилэр. Оскуолабыт алын сүһүөх оҕолоро эттэрин сииннэрин уһугуннаран сэрээккэлээтилэр. Доруобай буолун!
“Дьоруой сардаҥата”

Ыам ыйын 7 күнэ – Үөһээ Бүлүү улууһугар Дьоруой күнэ. Бу күн Маҥаас библиотекатыгар “Дьоруой сардаҥата” күнэ бэлиэтэннэ. Биһиги эйэлээх олохпут туһугар кыргыһыы хонуутугар охтубут биир дойдулаахтарбытын ахтан – санаан аастыбыт. Анал байыаннай дьайыыга сүтэрбит хорсун хоодуот дьоруойдарбыт сырдык ааттарын үйэтитэн ахтыылар ааҕылыннылар. Ананан оҥоһуллубут видео ролик көрдөрүлүннэ.
ДОРУОБУЙА КҮНЭ.

Муус устар 21 күнэ. Маҥаас нэһилиэгэр доруобуйа күнэ. Кыьыҥҥы тымныы дьыбара уҕарыйан, сааскы сылаас салгын илгийэн, оҕолор таьырдьа тахсан сибиэһэй салгынынан тыынан, күлэр-уөрэр саҥалара иһиллэр. “Чуораанчык” детсад иитиллээччилэрэ салгын сии сылдьан бибилэтиэкэҕэ киирэн кинигэ көрдүлэр, элбэҕи биллилэр. Начаалынай кылаас үөрэнээччилэрэ сарсыардаттан сэрээккэлээн эттэрин хааннарын уһугуннардылар. Доруобай буолуҥ!
ДЕНЬ ПАМЯТИ О ГЕНОЦИДЕ

ММСБ и МБОУ “Магасская СОШ” присоединилась ко всероссийской акции “День единых действий”, посвящённой памяти жертв геноцида советского народа нацистскими преступниками во время Великой Отечественной войны. Мероприятие проходило под названием “Без срока давности”, и главным событием стал просмотр фильма “Приют Призрение” . Это было непросто, но важно – ведь такие события помогаю понять, насколько хрупким может […]
БИБЛИОНОЧЬ-2026

Муус устар 18 күнүгэр Маҥаас нэһилиэгэр сылын аайы ыытыллар “Библионочь-2026” үбүлүөйдээх аахсыйа буолла! Быйылгы аахсыйа Норуоттар доҕордоһууларын сылыгар ананна. Бу күн илиитигэр талааннаах биир дойдулаахпыт Степанова Марианна Семеновна “Кылтан, сиэлтэн киэргэллэр” диэн маастар кылаас ыытта. Манна холбоон 11 улахан киһи кыттыыны ылла. Ону таьынан биһиги оскуолаҕа үөрэнэр оҕолорбут кыттыыны ыллылар. Оҕолорго анаан “Народы России” викторина […]
“БЕЗ СРОКА ДАВНОСТИ”.
Доруобуйа кунэ

Бүгүн кулун тутар 14 кунэ. Хас оптуорунньук аайы доруобуйа күнэ ыытыллар. Ол курдук Маҥаас нэһилиэгин олохтоохторо өрүүтүн даҕаны актыыбынай кыттыыны ылабыт. Кырачааттарбыт, дьыссаат иитиллээччилэрэ сибиэһэй сааскы салгынынан тыынан, хааман сиимэн үөрдүлэр көттүлэр. Дьаһалта, библиотека , ФАП, КУДУ иһигэр теннис күрэҕэ буолла. Миэстэлэспиттэр дипломунан, мэтээлинэн наҕараадаланнылар. Чөл, доруобай буолуҥ!
Неделя космонавтики

Неделя , посвящённая космосу, подошла к концу, и мы с радостью подводим итоги! Ребята проявили огромный интерес, фантазию и творческий подход. Поздравляем всех участников и победителей! Биһиги кырачаан “Чуораанчык” детсад иитиллээччилэрбит эмиэ космос диэн тугун билэн – көрөн, үөрэн – көтөн космонавтика күнүн ыллылар. Оҕолорбут араас көстүүмнэрэ эчи эриэккэһин, кыраһыабайын. Поздравляем победителей и благодарим каждого, […]
Кыырай халлаан уолаттара

Сааскы ылааҥылар саҥа түһэн турдахтарына, оскуола киэҥ түннүгүнэн кутуллар күн уотугар сыламныы – сыламныы үөрэнэ олордубут. Арай таһырдьа туох эрэ дыыгыныыр, улам улаатан субу үрдүбүтүгэр ньирилээн барда. Түннүгүнэн өҥөҥнөһүү буолла. Бөһүөлэкпит ортотунааҕы ырааһыйаҕа сүүнэ улахан көтөр түһэн эрэр эбит. Оччону сыыһа туппаккын – оскуола оҕото бүтүннүү ойон тахсан тоҥуу хаары тоҕута кэһэн “көтөргө” ыстаннылар. Ити […]
Доруобуйа күнэ.

Муус устар 7 күнэ. Хас биирдии оптуорунньук – доруобуйа күнэ. Маҥаас нэһилиэгин олохтоохторо , кыратыттан улахан саастаах дьон актыыбынайдык кытталлар. Начаалынай кылаас оҕолоро барытыгар өрүү актыыбынайдык кытталлар. Оҕолорбут маладьыастар! Саҥа хамсааһын барыбытыгар чөл олоҕу түстүүргэ өссө биир дьоһуннаах үрдүккэ сырдыкка тардыһар олук буоллун. Чэгиэн доруобай буолуҥ!