Маҥаас нэһилиэгэр “Кросс нации”.

Бу күннэргэ бүтүн дойду үрдүнэн, ол иһигэр биһиги Маҥааспыт нэһилиэгэр “Кросс нации” сүүрүүтэ үрдүк таһымнаахтык ааста! Сылын аайы буоларын курдук оскуола оҕолоро быйыл 2026 сылга сүүрүүгэ кытыннылар. Доруобуйаҕа уанна эт-сиин сайдыытыгар олус туһалаах хамсаныы буоларын өссө төгүл туоһулаан эттилэр.

Наадалаах күн физкультура учуутала Томский Саллар Артурович үөрүүлээх быһыыга-майгыга «Кросс наций» сүүрүүтүн тэрийэн ыытта. Кини оҕолорго хайдах сөпкө сүүрүөхтээхтэрин, тыыныахтаахтарын бэйэтин холобурунан көрдөрдө уонна быһаарда. Күрэххэ бары кылаастар көхтөөхтүк кытыннылар. Оҕолор бары күүс-уох, сэргэх турук ылан тарҕастылар.

Маладьыастар! 👏 Оҕолор сылын аайы күһүҥҥү сүүрүүгэ кытталлара олус үчүгэй уанна туһалаах үгэс буолар. Бу күрэхтэһии кинилэр доруобуйаларын чэбдигирдэр, күүстээх-уохтаах уонна тулуурдаах буолалларыгар көмөлөһөр. Кыайбыттары да, кыттыбыттары да ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибит!