Улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ үбүлүөйдээх күнүгэр, ону тэҥэ Россияҕа Култуура сылыгар анаан бибилэтиэкэ көрдөрөр-иһитиннэрэр, сырдатар киинин сүрүн бибилэтиэкэрэ Дария Павлова сценарист уонна режиссер быһыытынан бэлэмнээбит үлэтин – СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна, Үөһээ Бүлүү улууһун уонна Үөдүгэй нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Анна Петровна Иванова – Дмитриева туһунан «Ырыа кыыс» диэн документальнай уус-уран чаастан ордук уһуннаах киинэ сүрэхтэниитэ буолла.

Дария Павлова «Киһи баарыгар кини туһунан үлэ тахсыахтаах, сыанабылы ылыахтаах» диэбит, сыл устата оҥорбут, дьыл араас кэмигэр устубут улахан үлэтин, Үөһээ Бүлүү култууратын пуондатыгар бэртээхэй бэлэх буолбут киинэни Анна Петровна Иванова – Дмитриева бастакы эрээккэ олорон сүрүн көрөөччү буолла.

Оттон киинэ маассабай уһуллуутугар Маҥааспыт нэһилиэгин олохтоохторо ” Чуораанчык” дьыссаат сүрүн үлэһитэ Седалищева Анастасия Семёновна танастарын булан – талан, түүннэри иистэнэн күүс-көмө буолла. Седалищев Семён Семенович атын тэһииннээн ыҥыырдаан оҥостон силигин ситэрдэ. ” Чуораанчык” дьыссаат үлэһитэ Егорова Мария Гаврильевна кыыһын Копырина Айгылаана Валентиновнаны хайдах киинэҕэ уһулларга сүбэлээн-амалаан, бэйэтэ Настялыын атаарааччы оруолларга киирэн биэрдилэр.

Маҥаас нэһилиэгин КДУ дириэктэрэ Ивановна Марина Николаевна, методист Лазарева Степанида Ивановна сүбэ-ама буолан ыйан – кэрдэн биэрбиттэрэ. Камераҕа уһулааччы эппиэтинэһин Маҥаас орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала Филиппова Мария Илларионовна сүкпүтэ. Киһи камераҕа хайдах туттуохтааҕа, сырдыга- хараҥата, айылҕатын таба тутарга улахан оруолу билэр.

Айгылаана Үөһээ Бүлүү улууһун уонна Үөдүгэй нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Анна Петровна Иванова – Дмитриевалыын. Айгылаана Анна Петровна 10 саастааҕар детдомҥа иитиллэ барар кэмин киинэҕэ оонньоон көрдөрбүтэ.

Биһиги кыыспыт киинэ эйгэтигэр тахсан, кыһыл көбүөрүнэн хааман үрдүк сыанаҕа тахсара олус долгутуулаах кэрэ көстүү.

Киинэҕэ уһуллубут артыыстарбыт кылааттарын иһин махтал сурук тутар түгэннэрэ.

Анна Петрова Иванова – Дмитриева олоҕун, сүду үлэтин айар аартыгын сырдатар бибилэтиэкэ бырайыагынан оҥоһуллубут “ЫРЫА КЫЫС ” документальнай уус-уран киинэ уҺуллуутугар ис сүрэхтэриттэн ылсан , дьоһун кылааттарын киллэрбиттэрин иһин махтал суруктара.


Киинэҕэ уһулуу түгэннэриттэн:





