“Доруобуйа күнэ”

Доруобуйа күнүнэн истиҥ эҕэрдэ буолуохтун! Хас оптуорунньук аайы буолар доруобуйабыт күнэ бу нэдиэлэҕэ бэрт сэргэхтик ааста.

Ол курдук кыстыкка бэлэмнэнэргэ тыа сиригэр олорор дьиэ хаҺаайынын түбүгэ олус элбэх. Олортон ордук тыын суолталааҕа уһун кыһыны туоруур, ыраас ууну иһэргэ – муус ылыыта. Оскуола – дьыссаат дириэктэрэ Петров Захар Захарович үлэһиттэрин түмэ тардан анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбыт дьиэ кэргэттэрин мууһунан хааччыйдылар. Күүс – көмө буолбут, үлэлэспит бары дьоммутугар, үлэһиттэргэ истиҥ махталбытын тиэрдэбит!

Олус бэрт сонун! Байанай күнүгэр оҕолор туһах иитэн куобахтаабыттара – бу Байанай бэйэтэ мичик гынан бэрсибит үтүө бэлэҕэ!

Оҕолор кыра эрдэхтэриттэн өбүгэ үгэһин тутуһан, булт албастарыгар уһуйуллаллара олус кэрэхсэбиллээх. Бу бастакы булдунан оҕолору уанна кинилэри үөрэппит – такайбыт учууталлары, төрөппүттэри эҕэрдэлиибит!

Олус бэрт! Маҥаас нэһилиэгэр, тэрилтэлэр ыккардыларыгар мээчик курэҕэ тэрээһиннээхтик уанна үрдүк таһымнаахтык ааста. Хамаандалар бары кыайыыга дьулуһан, олус кыраһыабай уанна тыҥааһыннаах оонньууну көрдөрдүлэр.

Кыттааччылар бары бэркэ сэргэхсийдилэр, оттон көрөөччүлэр ыалдьан, дохсун ытыс тыаһынан өйөөн, күрэхтэһии өссө тыыннаах уанна үөрүүлээх буолла. Бары кыттыбыт дьоҥҥо, тэрийээччилэргэ уанна кыайыылаахтарга истиҥ эҕэрдэ! Маннык түмсүүлэх, көхтөөх тэрээһиннэр өссө да элбэхтик буола турдуннар!