Михаил Ефимович Николаев 1937 сыллаахха сэтинньи 13 күнүгэр Хаҥалас улууһун Өктөм нэһилиэгэр төрөөбүтэ, оҕо сааһа сэрии кэминээҕи ыарахан сылларга ааспыта. Омскайдааҕы ветеринарнай институту бүтэрэн, Эдьигээн оройуонугар ветеринар быһыытынан үлэтин саҕалаабыта.1991 сыллаахха ахсынньы 20 күнүгэр Саха сирин бастакы Бэрэсидьиэнинэн талыллыбыта уонна 2002 сылга диэри өрөспүүбүлүкэни салайбыта. Кэлин Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан, Госдума дьокутаатынан уонна СӨ Судаарыстыбаннай сүбэһитинэн үлэлээбитэ.
Михаил Ефимович Николаев төрөөбүт күнүн көрсө Маҥааспыт нэһилиэгин библиотекатыгар сүрдээх интэриэһинэй викторина ыытылынна уанна видеороликтары көрдүбүт. Ону таһынан “Сахам сирэ” диэн тиэмэҕэ таабырыннары таайдыбыт. Түмүккэ грамоталар, бириистэр туттарылыннылар.


