“Дапсы дьыктаана – 2026”

Сылын аайы сэтинньи 6 күнүгэр, биллиилээх саха лиҥкибииһэ, тыл үэрэҕин хандьыдаата, сахалыы саҥа дорҕоонун эмчитэ Михаил Петрович Алексеев – Дапсы төрөөбүт күнүгэр (“Биһирэм тыл күнүгэр”) ыытыллар сырдатар уанна төрөөбүт тылы харыстыыр анал акция буолар. Ол курдук биһиги Маҥааспыт нэһилиэгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх улэһитэ, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Арассыыйа билимин академиятын Сибиирдээҕи салаатын үтүөлээх бэтэрээнэ, Үөһээ Бүлүү улууһун Боотулуу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Учууталлар учууталлара Михаил Петрович Алексеев – Дапсы 90 сааһын бэлиэтиир VI төгүлүн ыытыллар “Дапсы дьыктаана” буолан ааста.