«Ытык кырдьаҕастарбытыгар истиҥ махтал уонна убаастабыл!»

Алтынньы 1 күнүгэр бүтүн аан дойду үрдүнэн Кыдьаҕастар (Ытык дьон) күннэрэ бэлиэтэнэр.Бу бырааһынньык үөлээннээх, кырдьаҕас көлүөнэ дьонугар дириҥ ытыктабылы, махталы уанна ураты болҕомтону уурууга ананар. Маҥаас орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ уонна учууталлара бу күннэргэ бэтэрээннэргэ, кырдьаҕастарга тиийэн мас мастаан, хаар-уу таһан, дьиэ-көтөл үлэтигэр көмөлөһөн истиҥ кыһамньыларын көрдөрдүлэр.

Бу көрсүһүү кырдьаҕастарбытыгар сылаас өйдөбүнньүгү, үөрүүнү уонна күүс-уох уонна саҥа кынаты биэрдэ диэн эрэнэбит. Өссө төгүл ытык дьоммутун бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибит!