Эйэ, үлэ, сааскы күөх Маайынан!


Warning: Invalid argument supplied for foreach() in /var/www/u0965142/data/www/vvlibr.ru/wp-content/plugins/book-shelf/includes/main.php on line 185
 Ыам ыйын 1 күнүгэр 1886 сыллаахха элбэх дойдуга үлэһит норуот аан бастаан бэйэтин быраабын туруулаһан, аҕыс чаастаах үлэ күнүгэр көһөөрү демонстрацияларга тахсыбыта.  Ол күнү бэлиэтээннэр ыам ыйын 1 күнүн, Аан дойду үлэһит норуотун күнүнэн биллэрбиттэрэ. Онтон билигин бу бырааһынньык биһиэхэ Саас, Эйэ, Үлэ бырааһынньыга курдук биллэр. Бары сибэкки дьөрбөлөөх, былаахтаах, шариктаах, эйэ холууптаах парадка тахсабыт. Үлэһит дьону чиэстиибит, ыллыыбыт, үҥкүүлүүбүт, хоһоон этэбит, үөрэбит- көтөбүт, уруйдуубут – айхаллыыбыт. Былыр – былыргыттан, күн бүгүҥҥэ диэри өбүгэлэрбит бэргэн этиилэри олохторугар, үлэлэригэр-хамнастарыгар туһаналлар «Киһини үлэ киэргэтэр» эбэтэр «Ким үлэлиир – ол аһыыр, ким үлэлээбэт – ол аһаабат».
Бу ссылканнан киирэн эһиги дойдугут, Маҥаас нэһилиэгин үлэһит дьонун ааҕыҥ.