Ыһыаҕынан!


Warning: Invalid argument supplied for foreach() in /var/www/u0965142/data/www/vvlibr.ru/wp-content/plugins/book-shelf/includes/main.php on line 185
Ыһыах.
 
Аар баҕах тулалыы анньыллан
Чэчирдэр, сэлэлии симэнэн
Туос кэрэ томторук киэргэллээх
Салама арааһа  тэлимниир.
                              
Айыы саха, үөһээ дойду аналынан
Өбүгэ үгэһин дьөһөгөйүн кэһиитин.
Кыынньар уохтаах көйөргө кымыһын
Чороон аайы чуоҕуһа кэккэлэттэ.
 
Алгыс ылар, уйгу – быйаҥ олоҕу
Урааҥхай саха түһүлгэтин тулалаан
Аан Ийэ дайдыбытын айхаллаан
Арчылаан, араҥаччылаан төлкөлүүр..
 
Алгысчыт аал уокка көрдөһөн,
Алаадьы, саламаат айах тутан.
Үс саха үрүҥ тыынын уһатан
Үүтүнэн, бырпаҕынан быйаҥныыр.
 
Төлкөлөөх түһүлгэ төрүттээх
Эллэй Айыы тэниппит ыһыаҕын
Төрүт саха ооннььуутун тула
Кылыйан кыыралдьыттылар..