
И. Яхонтов, Г. Миллер уонна И. Гмелин 1737 с. ыам ыйын 31 күнүгэр (билиҥҥи халандаарынан бэс ыйын 14 күнүгэр) Хаҥалас буолаһын кинээһэ Мэкчиргэй ыспыт ыһыаҕар сылдьыбыттар. Онно Яхонтов, Гмелин ыһыах тас көстүүтүн уонна тутулун, оттон Миллер ис суолтатын ойуулуурга үллэстибиттэр [Элерт 2010: 272]. Онон үһүөннэрин суруйууларын араарбакка ырытыахпыт.
Алгыс ураһа иһигэр буолбут. Биллэрин курдук, былыргы ыһыах алгыһа ураһа иһигэр оҥоһуллара. Бу ыһыахха алгыһы икки ойуун оҥорбут. Кинилэри “сайыҥҥы ойуун” диэн ааттаабыттар. Миллер “сайыҥҥы ойууну” ыһыахха эрэ алгыыр, хаһан да дүҥүрдэммэт диэн бэлиэтээбит. Билимҥэ биллэринэн, былыр ыһыах алгыһын Айыы ойууна оҥороро диэн. Ол аата бу Миллердаах суруйбут сайыҥҥы ойууннара — Айыы ойууна диэн этиэхпитин сөп. Аны икки эдэр уолга илиилэригэр толору кымыстаах ымыйаны туттарбыттар. Бу уолаттар иккиэн ыраас, киргэ-дьайга сыстыбатах буолуохтаахтар эбит.
Былыргы сэһэннэргэ сурулларынан, ытык Хаҥалас улууһун Куллаты сиригэр, номоххо киирбит саха төрдө Эллэй Боотур аан бастаан ыһыаҕы тэрийбитэ. Ыһыах былыр-былыргыттан көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэн, бу күҥҥэ диэри өбүгэлэрбит сүтэрбэккэ илдьэ кэлбит үтүө үгэстэрин кэрэһитэ, айылҕалыын алтыһан, үрдүк айыылартан күүс-уох, эрчим ылар ытык күнэ.
Ыһыах туһунан билиигин бэрэбиэркэлэн:
