Саха олоҕун – дьаһаҕын култуурата.

Саха дьонун ааспыт үйэлэргэ олоҕо үгүс үөрүйэхтэрдээх. Көлүөнэ – көлүөнэ ахсын туруктаах олоҕу тутуу, олоруу үтүө сиэринэн ааҕыллар. Бүттүүн саха омуга бу тыйыс айылҕалаах дойдуга бур – бур буруо таһааран олоруута, олох үгэһэ эрэ буолбакка, өй – майгы, үөрүйэх үөрэх, күүс – сэниэ бигэтик дьүөрэлэспит чахчыта буолар. Итинник дьүөрэлэһии өр үйэлэргэ чочуллан, айылҕа уонна киһи биир утумунан тиһиллэн, олох оҥкула түстэнэн күн бүгүнүгэр диэри салҕанар. https://learningapps.org/watch?v=pp11s5r9323