Дьиэ кэргэн күнэ


Warning: Invalid argument supplied for foreach() in /var/www/u0965142/data/www/vvlibr.ru/wp-content/plugins/book-shelf/includes/main.php on line 185
  • Киһи саҕаланар бэйэтин дьиҥ олоҕуттан, саҕаланар дьиэ кэргэниттэн. Олоххор сыалгын-соруккун ситиспэтэх буоллаххына, эн уопсастыбаҕа да, дьиэ кэргэҥҥэр да туһаны оҥорботуҥ. Онон эн санааҥ быһаҕас. Оттон киһи санаатынан дуоһуйа сылдьыахтаах.
  • Истиҥ тапталынан, аналынан үөскээбит oҕo дьоллоох буолар. Ийэлээх aҕa хардарыта сыһыаннарыттан, олох олороллоруттан, оннооҕор ханнык тэрилтэҕэ үлэлииллэриттэн oҕo туруга, уйулҕата иитиллэн, баайыллан түһэр.(Эдьиий Дора)
  • Оҕо син үүнээйи кэриэтэ эбээт. Киһи кэрэхсии көрөр буола силигилии чэчирээһинэ, эбэтэр буортутуйан, тоһута хатан сир бөҕө буолуута бүөбэйдээччититтэн тутулуктаах. Ол тэҥэ оҕо туох-ханнык иитиини ылара төрөппүтүттэн. (Анна Вармамова-Айысхаана)
  • Ийэни, аҕаны бүөбэйдиир,
    Көрөр-истэр, харайар —
    Oҕo ытык иэһэ эрэ буолбатах,
    Оҕо — дьоло!.. (Семен Маисов)
    • Ыалыҥ дьоро киэһэтигэр
    Ыһыырынньык буолуохтааҕар,
    Алдьархайдаах күннэригэр
    Аал уот буола саатаар.
    (Н. Герасимов — Айталын)

«Алгыстар»

  • Бигэ туруктаах, чэбдик олохтоох, айыы сиэрдээх дьиэ кэргэн – омук кэскилэ.
  • Дьиэ кэргэн – общество туллаҥнаабат тулааһына.
  • Дьиэ-кэргэн уйгута – норуот барҕарыыта.
  • Дьиэ кэргэн – олохпут кэскилэ.
  • Омук көмүскэлэ, эрэлэ –дьиэ кэргэн.
  • Ыал – төрүт тэрилтэ.
  • Ыал – олохпут төрдө.
  • Үс саханы үөскэтиҥ, төрүт саханы төрүттээҥ.
  • Дьиэ кэргэн – норуот кэскилэ.
  • Дьиэ кэргэн – оҕо туруктаах уйулҕатын биһигэ.
  • Ыал – омук төрдө, төрүт силиһэ.
  • Дьиэ кэргэн тыына оҕоҕо бэриллэр.
  • Омукпутун тыынныыр, кэскилбитин түстүүр – дьиэ кэргэн.
  • Олох төрдө – дьиэ кэргэн.
  • Дьахтар, ийэ – ыал тэбэр сүрэҕэ.
  • https://www.calameo.com/read/0017666319ebd75f379e4